Бедиминская сельская библиотека
МКУ "Мегино-Кангаласская МЦБС"

Саха сирэ уонна космонавтика

Саха сирэ уонна космонавтика
Саха Сирэ уонна космонавтика

Сири-халлааны бүгүн туох сэргэхситтэ,

Сирэйи-хараҕы үөрүүнэн чэмэлиттэ?

Ыраас күн да бу курдук чаҕылыппат,

Ырыа-тойук да маннык сатарбат.

Киһи космос куйаарыгар көттө,

Киһи аатын үрдэтэн эргийэн кэллэ!

Эҕэрдэ, эйиэхэ биир дойдулаахпар,

Эр сүрэхтээхпэр, албан ааттаахпар!

Итинник диэн суруйбут «Эйиэхэ эҕэрдэ» диэн хоһоонугар поэт Сергей Васильев-Борогонскай 1961 сыл муус устар 12 күнүгэр — сэбиэскэй лүөччүк-космонавт Юрий Гагарин сири эргийэн кэлбит үөрүүлээх түгэнигэр. Саха элбэх суруйааччыта бэлиэ түгэни уруйдаан хоһуйбут. Ол курдук, Альберт Бүлүүйскэй 1961 сыл муус устар 25 күнүгэр «Ленинскэй знамя» хаһыакка «Киһи көттө!» диэн бэртээхэй хоһоонун бэчээттэппит.

Оттон «Эдэр коммунист» 1961 сыл муус устар 16 күнүнээҕи нүөмэригэр Гагарин ситиһиитин кэпсииллэригэр Степан Тимофеев хоһоонунан киэргэппиттэр.

Саха Сирин космонавтиканы кытта аҥаардас айымньылар эрэ ситимнээбэттэр. Холобура, Юрий Гагарин 1968 сыллаахха Таатта Баайаҕытын V кылаастарыгар хоруйдаан суруйбут.

1961 с. Ю.А. Гагарин “Восток” космическай хараабылынан халлаан куйаарыгар көтөрүгэр, космостан сигналларын Ньурбаттан төрүттээх Александр Григорьевич Тимофеев тута олорбута. Ону туоһулуур сурук үлэтин киниискэтигэр баар – “За успешное обслуживание первого в мире полета советского человека на корабле спутника “Восток”, объявлена благодарность и денежняя премия”. Онтон 1965 с. Александр Григорьевич “ССРС Бочуоттаах радиһа” үрдүк ааты ылбыта. Киниэхэ анаан 2021 с. Ньурбатааҕы норуоттар доҕордоһууларын түмэлигэр инсталляция оҥорбуттара.

Гагарин ийэтэ Анна Тимофеевнаҕа аналлаах пааматынньык 2001 сыллаахха Смоленскай уобалас Гагарин куоратыгар аһыллыбыта. Бу өйдөбүнньүгү туруоруу идиэйэтин этээччи, оҥорорго көҕүлээччи – СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев. Скульптура ааптара — саха худуоһунньуга, Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Эдуард Пахомов.

1951-1965 сс. КПСС уобаластааҕы кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбит Семен Захарович Борисов кэргэнэ Мария Егоровналыын Юрий Гагарины көрсүбүт хаартыскалара баар.

Юрий Шафер Саха Сирин 1935 с. булбута. Пединститукка физины үөрэтэрэ. Сэрии кэнниттэн да Саха Сиригэр төннөн кэлбитэ. Космос тиэмэтин олус сэҥээрэр буолан, Дмитрий Красильников, Ариан Кузьмин, Александр Мамруков, Владимир Самсонов курдук биллэр учуонайдарбытын түмэн, көҕүлээн, космическай чинчийиилэри ыытар лабораторияны тэрийбитэ. Кэлин онтуката Космофизика институтугар кубулуйбута.

Сахалар, дьиҥэр, 70-с сылларга космонавтаммыт буолуохтаах этибит. Ньурбаттан төрүттээх Валентин Капитонович Иванов Ейскэйдээҕи авиационнай училищеҕа үөрэммитэ. Туйгуннук бүтэрэн, Гагарин аатынан салгын-байыаннай академиятыгар киирбитэ. 1968 с. “Ыйга тахсыы” диэн бырагырааманан 200 лүөччүгү сүүмэрдээн, көтөргө бэлэмнээн саҕалаабыттара. Олор истэригэр В.К. Иванов хабыллыбыта. Хомойуох иһин, эһиилигэр сөмөлүөт саахалыгар түбэһэн, хаҥас илиитин тарбахтарын быстарарга күһэллибитэ. Онон баҕа санаата туолбатаҕа. Ол оннугар учуонай буолбута. “Аэронавигация” диэн улахан тэрилтэ генеральнай дириэктэригэр тиийэ үүммүтэ.

1961 сыллаахха Гагарины Кыһыл Болуоссакка көрбүт Владимир Козлов оччолорго Москуба оскуолатыгар үөрэнэрэ. Ити күнтэн ыла өйө-снаата барыта космос эрэ туһунан буолбут. Инженернэй-физическэй институту бүтэрбитин кэннэ, кинини Саха Сиригэр ыыталлар. Манна кини Өктөмҥө халлаан куйаарыттан кэлэр сардаҥалары чинчийэр ШАЛ (широкий атмосферный ливень) туруорар. Бу ШАЛ 1973 с. Бүтүн Сойуустааҕы эспиэртиир база быһыытынан үлэлээбитэ.

ШАЛ-ы туруорсубут уонна чинчийиитин утумнаахтык ыыппыт саха учуонайдара Никодим Ефимов уонна Дмитрий Красильников 1982 сыллаахха Ленинскэй бириэмийэни ылбыттара.

Саха Сиригэр Космонавтика уонна авиация мусуойа Уус Алдан Дүпсүнүгэр баар. Авиатехническай училищены бүтэрбит, кэлин география учуутала буолбут Иван Данилович Жирков тэрийбитэ. 1974 сыллаахха таҥара дьиэтин иһигэр аһыллыбыта. 1999 сылтан бу түмэл АМКОС (Ассоциации музеев космонавтики России) чилиэнэ. Билигин мусуой 25 салаалаах, 7 000 кэриҥэ экспонаттаах.

Саха Сирин инженерэ Август Ярыгин айбыт КС-4 космическай прибора аан дойдуга биллибитэ. Ол курдук, бу тэрил космос атмосфератын үөрэтэргэ туһаныллара. Аан бастаан халлаан куйаарыгар, геофизическай ракетаҕа таҥыллан, 1958 с. бэс ыйын 2 күнүгэр көппүтэ.

Звезднай куоракка космонавтары бэлэмниир Ю.А. Гагарин аатынан научнай-чинчийэр кииҥҥэ өр кэмҥэ Амматтан төрүттээх Саргылаана Захарова үлэлээбитэ. Халлаан куйаарыгар көтөр эр бэртэрин уйулҕаларын тургутара. Билигин Саргылаана Егоровна Москватааҕы авиационнай институт (МАИ) уопсастыбаны кытта сибээскэ уонна маассабай коммуникацияҕа кафедратын доцена. 40-тан тахса научнай үлэ ааптара. Амма лиссиэйигэр сылын ахсын “Старт в космос” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи дистационнай олимпиаданы тэрийэн ыытар. Бу бырайыагы Ил Дархан өйөөбүтэ.

Нерюнгри куоракка олорор кыраайы үөрэтээччи, Ил Түмэн дьокутаата Александр Кошуков салайар «Мир времени» диэн историческай мусуойугар 1962 сыллаахха тахсыбыт «Москва» диэн кинигэ хараллан сытар. Онно 30 биллиилээх киһи автографа баар. Хаартыскаҕа көрүҥ эрэ, хаҥас үөһэ муннукка Гагарин бэйэтэ илии баттаабыта көстөр. Бу автографтары генерал-майор Метвей Трофимович Чернышев хомуйбут.

Дьокуускай биир улахан уокуруга Ю.А. Гагарин аатын сүгэр. 1992 сыллаахха Гагарин болуоссатыгар бастакы космонавт бүүһүн туруорбуттара. 2020 сыл күһүнүгэр Гагарин аатынан култуура уонна аныгы ускуусутуба киинэ саҥа дьиэҕэ көспүтэ.

Юрий Гагарин космоска көппүтэ 55 сылыгар «Гагарин планетата» диэн норуот оҥоһугун Бүтүн Арассыыйатааҕы быыстапкатыгар саха маастардара кыбытык тигиинэн арт-бырайыак оҥорбуттара. Бу сиэдэрэй үлэлэрин Германия Эрфурт куоратыгар улахан быыстапкаҕа көрдөрбүттэрэ. Ол иннинэ 2011 с. Анна Зверева эмиэ кыттан турар.

“Илин”, “Байконур” космодромнартан көтөр ракеталар сорох сүһүөхтэрэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит тайҕаларыгар түһэллэр.

1965 сыллаахха Дьокуускайга Сэбиэскэй Сойуус икки төгүллээх Геройа, халлаан куйаарыгар үстэ тахса сылдьыбыт космонавт Валерий Быковскай кэлэ сылдьыбыта. Мииринэйгэ тиийэн, ГЭС үлэһиттэрин кытта көрсүбүтэ. 2011 сыллаахха Чернышевскайга киниэхэ аналлаах өйдөбүнньүк дуосканы арыйбыттара. Киин куорат биир уулуссата В.Ф. Быковскай аатын сүгэр.

Гагарин кэнниттэн иккис нүөмэрдээх космонавт Герман Титов Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыта. Кини аатын Дьокуускай биир уулуссата сүгэр уонна 2020 сыл балаҕан ыйыгар бүүһүн туруорбуттара.

Саха учуонайа Владислав Тимофеев кэллиэгэлэрин кытта толкуйдаан таһаарбыт спектрометрическай аппаратурата байыаннай аппараттары кытта э космоска хаста да тахса сылдьыбыта, «Интербол-2» бырайыакка кыттыбыта.

Ньурба куорат 2-с оскуолатыгар үөрэммит Дмитрий Кондратьев 2010 сыллаахха «Союз ТМА-20» хараабыл хамандыырынан ананан, аһаҕас космоска 159 суукка 7 чаас сылдьыбыта.

Арассыыйа Геройа, космонавт Олег Кононенко саха хомуһун куйаарга илдьэ тахсыбыта. Оонньуурун спутник нөҥүө көрбүппүт. Өссө Өксөкүлээх Өлөксөй “Хомус” хоһоонун аахпыта. 192 суукка устата куйаарга сылдьыбыт хомус билигин Дьокуускайга Хомус түмэлигэр хараллан сытар.

2019 с. лүөччүк-космонавт, РФ Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаата, Бүтүн Арассыыйатааҕы «Юнармия» уопсастыбаннай хамсааһын киин ыстаабын начаалынньыга Романенко Роман Юрьевич Саха Сиригэр кэлэн барбыта. Космонавтика уонна авиация мусуойа тэриллибитэ 45 сылынан, Уус Алдан улууһун Дүпсүнүгэр тахса сылдьыбыта.

2014 с. РФ Геройа, лүөччүк—космонавт Федор Юрчихин оччолорго Дьокуускай мээрэ Айсен Николаевка сыл аҥаара космоска сылдьыбыт киин куорат былааҕын туттарбыта.

Соторутааҕыта муус устар 6 күнүгэр Өктөмҥө Николаев киинигэр оскуола оҕолоро Юрий Гагарин балта Тамара Филатованы кытта быһа сибээскэ кэпсэттилэр.
11.04.2023