Бедиминская сельская библиотека
МКУ "Мегино-Кангаласская МЦБС"

Архив села 1 издание

БАСТАКЫ   ТҮҺҮМЭХ:
БААТАРА  НЭҺИЛИЭГИН БЫЛЫРГЫТА
Мэҥэ  улууһа  хайдах   үөскээбитэ
   Эллэй  ойоҕунаан  бэрт  дьоллоохтук,  саастарын  тухары  олорон,  үгүс  уолаттары, кыргыттары  төрөппүттэр,  бэрт  элбэх  сүөһүнү  үөскэппиттэр.  Ортоку  уоллара  Орулаа
Талгый  диэн бэрт улахан киэҥ-чуор саҥалаах, күүстээх-уохтаах киһи эбит. Ойох ылан дьиэлэнэн-уоттанан эмиэ хас да  уолу, кыыһы төрөппүт. Кини улахан уола Мэҥэбил диэн киһи уҥуоҕунан сүрдээх,  мээрэйэ биллибэт күүстээх  бухатыыр киһи   буолан, олус сымнаҕас, көрсүө киһи буолбут.  Олус булчут киһи буолан Лена өрүс илин биэрэгиттэн чугас Төҥүлү диэн сүрдээх улахан үтүө күөл баарыгар онно олохсуйбут. Эмиэ элбэх оҕону төрөппүт.
         Мэҥэбил уолаттарыттан биирдэстэрэ Түһүлгэ Ойуун  диэн ааттаах ойуун баара үһү. Бу Быраан диэн сиргэ олоҕурбут. Улахан уола Алтан  Харах диэн, ол анна Чындаҕас Бөҕө диэн, онтон Тараҕай Бигэн диэн, Аһааҕай ойуун,  Идэлги Бөҕө уонна оччугуй мааны оҕото Таҥара Мэнигэ диэн эбиттэр. Буох Дьиэхсин ойуун бэйэтэ сүөһүнэн баай, охсуһууну-этиһиини билбэтэх, сэриини-кыргыһыыны батыспатах, ойуунунан наһаа улахан, күн диэки өттүн ким да быһа хаампат ойууна.
        Суола диэн үрэх оччоҕо, билиҥҥи курдук ортотунан дириҥ көҥүс  буолан хайда илик, барыта  тэҥ мэндээркэй хонуу эбитэ үһү. Арыы талах, арыы тииттэр суохтара үһү. Киэҥ, ааттаах толооннорго киһи-сүөһү киирдэҕинэ  көстүбэт  ото үүнэрэ үһү. Сылгы, ынах олус
үөскүүрэ үһү.
        Бу курдук, Буох Дьиэхсин ойуун сүөһүнэн баай киһи буолан оҕолорун бэрт үчүгэйдик иитэлээн  үчүгэй дьон оҥортообут. Саамай улахан уола Алтан  Харах диэн сымнаҕас, көнө, үлэ-хамнас киһитэ буолбут. Аҕата хайа да уолаттарыттан ордоро тутар эбит. Онон кини аҕатыттан арахсан илин диэки Суола салаата Бээкэнэ диэн үрэххэ бүгэн олохсуйбут.
        Чындаҕас Бөҕө диэн уола сүрдээх күүстээх, бухатыыр, охсуһуу-кыргыһыы дьарыктаах, өлөрөр-сүтэрэр баҕалаах киһи, аҕатыттан арахсан илин диэки Суола үрэх баһыгар Баачыма диэн үтүө сир баарыгар олохсуйбут.  Тараҕай Бигэн диэн киһи олус булчут, балыксыт  киһи  буолан, Табаҕа диэн улахан күөл баарыгар  ол таһыгар баран, Лампа ди эн сиргэ олохсуйбут. Аһааҕай Ойуун диэн киһи оҕо эрдэҕиттэн иирээн-кутураан буолан, бырааттара  абааһы  көрөллөр, кэннэки өлөрөөрү гыммыттар. Онтон куотан, соҕуруу диэки чугас куула сиһигэр, Бадараҕа диэн сиргэ олохсуйбут. Идэлги Бөҕө сүрдээх улахан уҥуохтаах,  күүстээх-уохтаах, сүрдээх  быһый, чэпчэки киһи буолан баран, кыргыһыыга сыдьыбат, куруук аҕатыттан арахпат, сүрдээх үлэһит, сүөһүнү көрөр-харайар, дьиэттэн  арахпат. Саамай оччугуй уол Таҥара Мэнигэ диэн киһи ийэтигэр-аҕатыгар алыс атаах, сүөһү-ас да көрүүтүгэр кыһаммат, бэлэми аһыы-аһыы көҥүл күүлэйдиир идэлээх. Ол иһин бырааттара Таҥара Мэнигэ диэн ааттаабыттар. Бу  оччугуй мааны уол аҕата Буох ойуун өлбүтүн кэннэ баайын-дуолун илдьэ, аҕатын  олоҕуттан арҕаа диэки Улуу Сыһыы, Уулаах диэн үтүө сирдэр  баалларыгар онно баран олохсуйан, наһаа, сатаан кэпсэммэт гына байбыт. Буох ойуун уолаттара ити курлук тус-туһунан тарҕаһан ааттаах үтүө сирдэргэ олохсуйан, барылара да байан-тайан, элбэх ыччаттанан испиттэр. Оччотооҕу кэмҥэ атын кииннээх-хааннаах дьон баалларын, бэрт аҕыйах онно-манна олорор убаҕас норуоту, барыларын баһылаан испиттэрэ. Алтан Харах диэн киһи хас да уолу төрөтөр. Олортон биллэр бэртэрэ Куоҕас Бахсы хас да ыччаты төрөтөр, олортон биир бэртэрэ Аамай Халкый диэн буолар. Ол Аамай Халкый хас да уолаттарыттан  биллэллэрэ Лөкөй Модун буолар. Лөкөй хас да уолуттан-кыыһыттан Сүлүүдэ Мөлбөстүүр бастыыр. Мөлбөстүүртэн  хас да   уола хаалбыттарыттан Түөнүкү Көстөкүүн ордук биллэр. Көстөкүүнтэн Эккэй Ылдьаа  төрүүр. Эккэйтэн Сүрдээх Сүөдэр төрүүр. Сүөдэртэн Өлөксөй уонна кини бырааттара төрүүллэр. Манна үөһэ ахтыллыбыт дьонтон  саамай бастаан Түөнүкү Мөлбөстүүр сүрэхтэммит, аата  Константин диэн буолбут. Кини олус баай киһи буолан, аҕабыт сүрэхтииригэр бэйэтин араспаанньатын  Попов  диэн  биэрбит. Ол курдук, баай үчүгэй сахаларга, элбэҕи биэрэр дьоҥҥо, аҕабыттар бэйэлэрин араспаанньаларын, метрическай кинигэҕэ суруйаллара. Сорохторго күлүү-элэк курдук хайа түбэһэринэн араспаанньаны суруйан кэбиһэллэрэ.
       Сэһэн быһыытынан, Орулаа Талгый уолаттара Мэҥэбил уонно Болотой Оххон ыччаттара бары силбиһэ, биир кэлим сиргэ олорбуттар, бэркэ үөскээбиттэр, атын дьон төрүөхтэрин барыларын баһылаабыттар уонна бэйэлэрэ биир төрүттээхтэрин бэркэ билэллэр эбит. Ол быһыытынан, нэһилиэктэри холбооттоон, биир улуус оҥорорго кыттыһаннар, ол төрүт өбүгэлэрин аатынан Мэҥэ улууһа диэн буолар.
       Маҥнайгы нэһилиэктэр үөскүүллэригэр Мэҥэ улууһугар  уон икки  нэһилиэк олохтоммут буолуохтаах. Ити кэнниттэн, дьэ, арааһынай кэмнэргэ, арааһынай биричиинэлэринэн нэһилиэктэртэн тус-туһунан аҕа уустара арахсыталаан испиттэр. Баһыйар  аҕа  уустара үчүгэй сирдэри былдьаан ылан баран, онтукайдарын үйэ тухары,
бэйэлэрин ыччаттарыгар , аймахтарыгар хааллараары нэһилиэк арахсыытын оҥороллоро үһү. Онон Мэҥэ улууһа советскай былаас буолуутугар  сүүрбэ икки нэһилиэктээҕэ.
        Ол курдук, Орулаа Талгый ыччаттара үөскээн, тэнийэн биир Мэҥэ улууһа буолбуттара.  

11.01.2024